"КӨР-КҮЛҮҮ АРГЫСТААХ" Таатта улууһун нэһилиэктэрин көр- күлүү бөлөхтөрүн күрэхтэрэ  Чымынаайыга
 сэтинньи 8 күнүгэр "Айтал" норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн ыытылынна.
Бу дьоро киэһэҕэ көрү-нары көҕүлүттэн туппут Ытык-Күөл, Дьохсоҕон,  Даайа- Амма, Чычымах, Уолба,Чөркөөх Чымынаайы  бөлөхтөрө күөн көрүстүлэр. Дьүүллүүр сүбэ састааба: Нестеров Г.А- Уус- Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта, Бурнашова В.Ф- Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин сүрүн режиссера, Власова В.В- А.Е.Кулаковскай аатынан Чычымахтааҕы норуот айымньытын директора. Күрэххэ кэлбит бөлөхтөр көрүҥнэринэн хастыы да номерынан кытыннылар. Түмүккэ: 
Гран- При  Ытык Күөл. 10 тыһыынча харчы.
Анал ааттар:
"Бэрт бэтиэхэ" Дьохсоҕон нэһилиэгэ "Дьохсоҕон бэтиэхэлэрэ"
"Сэргэх сирэйдэр" "Күбэйэ" фольклорнай бөлөх, Чөркөөх.
"Быара суох" "Саҋдар" бөлөх Чымынаайы.
"Дьиибэ хообо" "Чээ, Чычымахтар" бөлөх, Чычымах
"Быары тарбааччылар" Уолба, "Ньуура суохтар" бөлөх
"Көр-күлүү маастара" Даайа- Амма, "Чаҕаан" бөлөх
"Саамай көрдөөх" Айаал Морхоев, Ытык Күөл
Биһирэбил бириис- Татьяна Сабарайкина, Чөркөөх.
Чымынаайы дьонугар сэргэтигэр ылбаҕай ырыаларын Леонид Егоров, Александр Харайданов Уолба ыччаттара, Петр Бурнашов Чымынаайы, Елена Попова Дьохсоҕон, Лилия Сергеева Ытык Күөл, Татьяна Сабарайкина Чөркөөх анаатылар, олохтоох орто оскуола оҕолоро ырыанан, үҥкүүнэн киэргэттилэр.
Харбалаахтааҕы "Төлөн" чох карьернай разрез директор Рахлеев П.Д Гран При бирииһигэр, олохтоох дьаһалта Уус - Амма нэһилиэгэ баһылык Васильев Е.В күүс көмө буолбуккут иһин махтанабыт. Тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт бөлөхтөргө айымньылаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт, кэлэн көрү-күлүүнү, сэргэх тэрээһини  бэлэхтээбиккитигэр махтал тылларын аныыбыт.